icon_gotop
18+
autorisation
Войти | Регистрация
Якутское время
04:23
Пятница, 27 Ноября
Курсы валют
сегоднязавтра
89.88 90.24
82.17 82.31
Рекламный баннер 990x90px top

Карантинынан сибээстээн оҕолор дьиэттэн олорон үөрэнэллэр

04:50 26.11.2026 16+
Карантинынан сибээстээн оҕолор дьиэттэн олорон үөрэнэллэр

Элбэх тумуу туран, ОРВИ уонна грипп ыарыылара бэлиэтээһин таһымын куоһарбытынан, Нам улууһун сорох оскуолаларыгар карантин биллэриллибитэ.

Бу күннэргэ 1-11 кылаас үөрэнээччилэрэ дьиэттэн олорон үөрэнэллэр. Эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр куруһуоктар, дьарыктар үлэлэрэ тохтотуллар. Үөрэнээччилэр кыттыылаах культурнай-маассабай, спортивнай тэрээһиннэр буолбаттар, олимпиадалар, конференциялар онлайн ыытыллаллар.

Сэтинньи 23 күнүн туругунан, ОРВИ уонна ГРИПП ыарыыта 635 түгэнэ бэлиэтэммит, бу эпид. порогу 162,2 % куоһарбыт, ааспыт нэдиэлэни кытта тэҥнээтэххэ 5 төгүл улааппыт.
121

Оставить сообщение: