«ҮРҮҤ ТУГУТЧААН» УЛУУСТААҔЫ БЭСТЭБЭЭЛ ТҮМҮГЭ
04:46 26.11.2026 16+
«ҮРҮҤ ТУГУТЧААН» УЛУУСТААҔЫ БЭСТЭБЭЭЛ ТҮМҮГЭ
Оҕо саас, эдэр саас кэмнэрэ киһи өйө-санаата, кэрэҕэ тардыһыыта муҥутуурдук сайдар, айар-тутар сатабыла, араас хабааннаах эйгэҕэ талаһар саамай тоҕоостоох кэмэ. Сахабыт сиригэр ыччат дьоҕурун, кыаҕын сайыннарар бэстибээлинэн «Үрүҥ Тугутчаан» («Белый олененок”) буолар.
Сэтинньи 24 күнүгэр республикатааҕы «Үрүҥ Тугутчаан» бэстибээл улуустааҕы көрүүтэ кэтэхтэн ыытыллан түмүктэннэ. Быйлгы фестиваль сүрүн темата: төрөөбүт дойдуга таптал, бэриниилээх буолуу, дьиэ кэргэн, өбүгэ утума, үрүҥ тугутчаан: ыра санаата уонна үтүө санаа суолунан диэн.
Улуус 10 оскуолаларыттан 100-тэн тахса оҕо араас хайысхаҕа сатабылларын, талааннарын көрдөрдүлэр. Балаһыанньа быһыытынан кыттааччылар «Бастыҥнар хамсааһыннара» (будьвдвижении.рф) сайтыгар киирэн тус дааннайдарынан регистрация ааһан, салайааччыларын ыйан туран үлэлэрин киллэрэллэр. Кыттааччылары 6-11, 12-16, 17-25 саастарынан көрөн, итиэннэ таптааччылар уонна идэтийэн дьарыктанааччылар диэҥҥэ арааран тус-туһунан сыаналаатылар.
Дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрэ: Д.Н. Барабанов, А.Г. Парников, С.В. Васильева, А.С. Сыромятников бииртэн биир чаҕылхай үлэлэри көрдүлэр, олус сэҥээрдилэр, бастыҥнары быһаардылар.
Уруһуйга 6-11 диэри саастаахтарга:
Гран-при – Петрова Сандаара - «Дьиэ кэргэн» (Көбөкөн ОО, сал. Колесова О.И.),
1 м. - Лукинова Сайаана - «Мин төрөөбүт дойдум» (Көбөкөн ОО, сал. Ядрихинская Я.Н.),
2 м. - Петрова Айсаана - «Норуоттар доҕордоһуулара» (2 №-дээх НОО, сал. Сидорова Д.М.).
3 м. - Неустроева Нарыйа - «Россия – мин дойдум» (2 №-дээх НОО, сал. Сидорова Д.М.).
Уруһуйга 12-16 диэри саастаахтарга:
Гран-при – Винокурова Виола - «Куйуур», (И.Е. Винокуров аат. ХАОО, сал. Винокурова Т.Е.)
1 м. –Ноговицына Милена- «Көбөкөн аарката» (Көбөкөн ОО, сал. Бурнашева С.А.).
2 м. – Орлова Нелли -«Дьиэ кэргэн» (Көбөкөн ОО, сал. Бурнашева С.А.).
3 м. –Кривошапкина Эльмира -«Үрүҥ тугутчаан ыра санаата» (3 №-дээх НОО, сал. Жиркова С.И.)
Уруһуйга 17 үөһээ саастаахтарга:
Гран-при – Протодьяконова Айыына - «М.Е. Николаев», «Тыгын Дархан», (Модут ОО, 11 кыл. сал. Шамаева С.Н.).
Ырыаҕа 6-11 диэри саастаахтарга (ансаамбыл):
Гран –при - «Сандаар» бөлөх - «Нам сирэ» (3 №-дээх НОО, сал.Муталиева А.Б.).
Ырыаҕа 12-16 диэри саастаахтарга (ансаамбыл):
Гран –при – Кыргыттар бөлөхтөрө -«Төрөөбүт дойду » (Нам улууһун гимназията, сал. Зедгенидзева О.А.).
Ырыаҕа 12-16 диэри саастаахтарга (дуэт):
1 м. – Аико Ноговицына, Анжелина Потапова - «Мин дойдум», (Көбөкөн ОО, сал. Петрова А.Н.).
Ырыаҕа 12-16 диэри саастаахтарга (соло):
Гран-при –Барабанов Святослав - «По горам Корпатским» (1 №-дээх НОО, «Мелодия» оҕо студията).
1 м. – Орлов Демид - «Ийэм» (Көбөкөн ОО, сал. Петрова А.Н.)
2 м. – Охлопков Дьулустан - «Саҥа дьыл» (3 №-дээх НОО, сал. Муталиева А.Б.).
3 м. – Жиркова Олеся - «Кукла колдуна» - (Нам улууһун гимназията, сал. Зедгенидзева О.А.).
Үҥкүүгэ 6-11 диэри саастаахтарга (ансаамбыл):
Гран-при - «Күн Бытархайдара» ансаамбыл (ХАОО, сал. Максимова Т.М.)
Үҥкүүгэ 6-11 диэри саастаахтарга (биирдиилээн):
Гран-при – Пестерев Василий «Боотур үҥкүүтэ» (Көбөкөн ОО, сал. Егорова А.И.)
Үҥкүүгэ 12-16 диэри саастаахтарга (ансаамбыл, народнай үҥкүү):
Гран-при - «Тараҕана» коллектив - «Туругур, Сахам Сирэ» (Көбөкөн ОО, сал. Егорова А.И.)
Үҥкүүгэ 12-16 диэри саастаахтарга (ансаамбыл, аныгы үҥкүү):
Гран-при – «Ылдьаа Ыччаттара» коллектив, (ХАОО, сал. Сивцев М.М., Попова А.Г.)
1 м . - «Восход» коллектива - (Нам улууһун гимназията, сал. Винокурова В.В.).
Видео, киинэ устуутугар 12-16 диэри саастаахтарга:
Гран-при – Барабанов Святослав - «Көмүс Муос», Е.С. Сивцев – Таллан Бүрэ айымньытынан ойуулук (1 №-дээх НОО, «Мелодия» оҕо студията).
1 м. - «Биир ситим» студия, 7 кыл. үөрэнээччилэрэ, ойуулук (ХСФЛ, сал. Артемьева Н.Б.).
Театральнай искусство 6-11 диэри саастаахтарга:
Гран-при - «Непоседа» студия - «Тугутчааннар хайдах дьолу көрдөөбүттэрэй» (Хамҕатта ОО, сал. Амбросьева Е.Д.).
Уус-уран ааҕыы 6-11 диэри саастаахтарга (коллектив):
Гран-при - «Уоланнар» ансаамбыл - «Саха саарыннар буолун» (Көбөкөн ОО, сал. Пестерева И.В., Ядрихинская Я.М., Колесова О.И., Максимова П.П.).
1 м. – Романова Милана, Жигальцова Валерия, Соловьев Саргын, 2 «б» кыл., - «С чего начинается родина» - (2 №-дээх НОО, сал. Сидорова Д.М.).
Уус-уран ааҕыы 17 үөһээ саастаахтарга Гран-при - «Дьулусхан» «Ылдьаа аатыгар сүгүрүйэбит» - (Көбөкөн ОО, сал. Петрова
Уус-уран ааҕыы 6-11 диэри саастаахтарга (биирдиилээн):
1 м. - Сенников Кеша - «Журавли » - (2 №-дээх НОО, сал. Сидорова Д.М.).
Уус-уран ааҕыы 12-16 диэри саастаахтарга (биирдиилээн):
1 м. – Аико Ноговицына - «Неизвестный солдат» (Көбөкөн ОО, сал. Егорова А.И.).
Бэстэбээлгэ көхтөөхтүк кыттыбыт оскуолалары бэлиэтиир эбит буоллахха, Нам улууһун гимназията (дир. Новгородов А.В., куратор Иванова А.А.), Нам 2 №-дээх ОО (дир. Никонова Н.П., куратор Кузнецова А.Н.), Нам 3 №-дээх ОО (дир. Григорьев В.Т., куратордар Муталиева А.Б., Ядрихинская А.И.), Хамаҕатта (дир. Парникова Н.А., куратор Ачикасова Н.Т.) Хатыҥ-Арыы (дир. П.Н. Оконешников, куратор Попова А.Г.) орто оскуолалара элбэх оҕону көхтөөхтүк кытыннардылар. Көбөкөн орто оскуолата (дир. Иннокентьев С.И., куратор Лукинова М.И.) бары өттүнэн сөхтөрдө, хас көрүҥ аайы хастыы да оҕону кытыннаран үгүс ситиһиилэрдэннилэр, кыайыы өрөгөйүн биллилэр.
Инникитин «Үрүҥ Тугутчаан» бэстэбээлгэ улуус атын оскуолалара оҕолору кытыннарыахтара диэн эрэнэбит.
«Үрүҥ Тугутчаан» бэстибээл кыайыылаахтара дипломнарынан, анал стикердарынан наҕараадаланнылар. барыларын итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит. Салгыы Чыпчаал (гран-при) кыайылаахтара, биирдиилээн чаҕылхай нүөмэрдэр улуус, оскуола аатын көмүскүү республикатааҕы көрүүгэ кыттар чиэскэ тигистилэр. Оҕолорбутугар ситиһиилэри баҕарыаххайыҥ!
#БелыйОлененокНамскийулус
#КультураиискусствоСоздавайиВдохновляй
#ПервыеЯкутии
#ДвижениеПервых
Оставить сообщение: