Тохсунньу 23 күнүгэр П
04:55 24.01.2025 16+
Тохсунньу 23 күнүгэр П.И. Сивцев аат. Намнааҕы история уонна этнография түмэлин быыстапкалыыр саалатыгар айылҕаттан айдарыылаах, тарбаҕар талааннаах кыл-сиэл оҥоһуктары оҥорооччу Екатерина Николаевна Барамыгина “Куппун туппут Күн Дьөһөгөйүм” айар быыстапката үөрүүлээхтик арылынна.
Екатерина Барамыгина Модут нэһилиэгиттэн төрүттээх. Екатерина 2009 сылтан көрүөхтэн сиэдэрэй киэргэллэри, сөрүөлэри, чаппараахтары оҥорон саҕалаан, айар-тутар аана арыллан бүгүн Намҥа, төрөөбүт түөлбэтигэр, бастакы быыстапкатын тэрийдэ.
Екатерина Намҥа СӨ уус-уран оҥоһугун маастарыгар Мария Николаевна Аманатоваҕа уһуйуллубута. Билигин Хаҥалас улууһун Төхтүр нэһилиэгин биир олоххо көхтөөх көрүүлээх маастара. Төхтүргэ «Көмүс сүүтүк” иистэнньэҥнэр түмсүүлэрин салайар. 2023 сыл түмүгүнэн кини салайар тэриллиитэ “Сыл бастыҥ түмсүүтэ” анал аат хаһаайынынан ааттаммыта. Уран тарбахтаах далбар хотуттар нэһилиэк, тэрилтэлэр историяларын кыбытык оһуордаан панно оҥорон туттарар үтүө үгэстээхтэр. Ол курдук, Төхтүр гиэрбэтин тигэн, көбүөр оҥорон олохтоох култуура киинигэр, ат толору симэҕин дьаһалта дьиэтигэр, “Хахсык” ТК үбүлүөйдээх сылынан көбүөр, олбох тигэн бэлэх ууммуттара. Кинилэр онорбут мааны киэргэллээх чаппараахтара, олбохторо кэрэ киэргэл буолаллар, дьон кутун туталлар. Анал байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга араас харысхаллары, маскировочнай сеткалары, сылаас таҥастары тиһигин быспакка тигэллэр.
Ситиһиилэрэ:
2019 c.- Нам улууһугар ыытыллыбыт Олонхо Ыһыаҕар «Кэрэ эйгэни төрүттээччи» анал аат;
2019 с. - “Үрүҥ сиэли ситимнээн, хара сиэли сүүмэхтээн” улуустааҕы күрэх гран –притын хаһаайына;
САССР 100 сылыгар аналлаах «Эйэ холууба» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх 1 ист. лауреата;
2022-2023 сс.- “Күн Дьөһөгөй бэлэҕэ” улуустааҕы күрэх 1 ист. лауреата;
2024 c. - «Алтын Майдан-Алания» норуоттар икки ардыларынааҕы күрэх 1 ист. лауреат;
2024 c. - Татарстан республикатыгар ыытыллыбыт “Казань Лучезарная” норуоттар икки ардыларынааҕы күрэххэ гран-при;
Өрөспүүбүлүкэтээҕи, улуустааҕы, нэһилиэктээҕи быыстапкалар бастыҥ кыттыылааҕа, кыайыылааҕа.
Бу күн Нам улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын начальнигын солбуйааччы Александра Новгородова Екатерина Барамыгинаҕа саха норуотун үгэстэрин сөргүтүүгэ, сайыннарыыга үгүс сыллаах сыралаах үлэтин иһин «Нам улууһун норуотун маастара» үрдүк ааты туоһулуур удастабырыанньаны туттарда.
Эҕэрдэ тылларын анаатылар: Модут нэһилиэгин баһылыга Ефим Гоголев, Хамаҕаттаттан “Сөрүө” түмсүү салайааччыта Мария Аманатова, Модуттан “Дьүөгэлиилэр” түмсүү салайааччыта Мария Шапошникова, Модут сынньалаҥ киинин директора Саргылана Попова-Ядрихинская, Екатерина Николаевна оскуолаҕа бииргэ үөрэммит доҕотторо.
“Күн Дьөһөгөй оҕотуттан оҥоһуллубут кыл-сиэл оҥоһуктар саха киһитигэр сэниэни эбэллэр, бэйэлэрэ туспа эмтиир, ыраастыыр аналлаахтар. Кэнники кэмҥэ кыл-сиэл оҥоһугу кэппит элбэх киһини сэҥээрэ көрөбүт. Сайдыыбыт балысхан суолугар сахалар атын омуктарга баһыйтарбакка бэйэбит маннык киэргэллэрдээхпитин, оҥоһуктардаахпытын киэҥ эйгэҕэ таһааран салгыы сайыннара туруоҕуҥ, ” – диэн тылларынан тэрээһин түмүктэннэ.
Убаастабыллаах Екатерина Николаевна!
Инникитин даҕаны ураты сиэдэрэй оҥоһуктаргынан дьону-сэргэни кэрэхсэтэ, үөрдэ сырыт. Кытаанах доруобуйаны, тус олоххор дьолу-соргуну баҕарабыт!
Быыстапка тохсунньу 23-31 күннэригэр диэри үлэлиэҕэ. Улуус олохтоохторун, ыалдьыттарын быыстапканы кэлэн көрүҥ, кэрэни кэрэхсээҥ диэн ыҥырабыт.
Нам улууһа МТ пресс-сулууспата
Оставить сообщение: