Нам улууһун Таастаах нэһилиэгэр баар Ытык сирдэригэр - Эбэҕэ Саха сирин араас көтөрдөрө тохтоон ааһар буолбуттара номнуо үһүс сыллара буолбут
08:28 02.06.2025 16+
Нам улууһун Таастаах нэһилиэгэр баар Ытык сирдэригэр - Эбэҕэ Саха сирин араас көтөрдөрө тохтоон ааһар буолбуттара номнуо үһүс сыллара буолбут. Ол курдук, туруйалар, кубалар, хаастар уонна да араас кустар бу биир сиргэ сөбүлээн хонон-өрөөн, аһаан, сынньанан ааһаллар. Нэһилиэнньэ харыстабылыгар сылдьар Эбэҕэ бу көтөрдөр сылгыны-сүөһүнү кытта тэҥҥэ сылдьаллара кырдьык да кэрэ көстүү. Бу сэдэх көстүүнү биһиги түмэлбит үлэһиттэрэ баран хаартыскаҕа, киинэҕэ устан үйэтиттилэр.
Айылҕа биир сэдэх көстүүтүн көрүҥ, сэргээҥ!
Оставить сообщение: